Сиргэ таптал, дьонҥо таптал
Баар буолуохтаах өрүүтүн,
Баҕарабын күн сириттэн
Сэрии-өлүү сүтүөҕүн.
Ол иһин бүгүн эмиэ
Эһиэхэҕэ мин кэллим,
Бу дьоро киэһэҕэ
Ырыа ыллаары.
Дьоллоох сиргэ олорортон
Ама ордук туох кэлиэй,
Дьоҥҥо дьолу баҕарартан
Ама туох күүс тэҥнэһиэй.
Таптал, үөрүү аргыстаһар
Тахсар күнү көрсөөрү,
Күөрэгэйдиин сэһэргэһэр
Күүттэриилээх дьикти кэм.