Саас сарсыарда эрдэлээн
Алааспар киирдэхпинэ
Дьо5ун ырыа тоhуйар.
Дорообо, куорэгэйим,
Кынаттаах ырыа5ытым,
Куорэгэйим барахсан,
Оо, барахсан!
Костубэт кыра бэйэн
Кун анна куоххэ дайа
Сылдьа5ын уоhэ-уоhээ,
Туох туhунан ыллыыгын,
Дууhабын долгута5ын
Куорэгэйим барахсан,
Оо, барахсан!
Куну корон, кунтэн уорэн
Са5а улэ кунун айхаллыы
Диир куорэгэйим барахсан.
Иккиэн биргэ ыллыыбыт,
Иккиэн бэркэ уорэбит
Кэрэ кэми туойабыт.
Куруук бииргэ ыллыахха
Хо5уллаа5ар туонунан,
Куорэгэйим барахсан,
Оо, барахсан!
Куну корон, кунтэн уорэн
Са5а улэ конон айхаллыы
Диир куорэгэйим барахсан.
Оо, куорэгэй,
Куну корон, кунтэн уорэн
Са5а улэ кунун айхаллыы,
Оо, куорэгэйим барахсан!