Сибэккилээх хонууннан
Хатын-чаран быыһынан
Эгил-тэгил уоллаах кыыс
Сэргэстэһэн истилэр
Ханна эрэ курун тыаҕа
Кэҕэ этэн чоргуйар
Үөһээ, мэнэ халлаанна
Күөрэгэйим тойук туойар
Ол ырыаны иһиллээн
Биир хатынна өйөнөн
Ити икки уоллаах кыыс
Турбуттара иһийэн
Ыраах саҕах кэтэҕэр
Ырыа тойук дуорайар
Көлүччэлээх алааһым
Сылаас тыала ил гынна.