Саас кэлбитин биллэрэн
Ньургуһуннар үүммүттэр,
Сандаарыһан, мичиһэн
Тугун бэрдэй, кэрэтэй.
Тугун бэрдэй, кэрэтэй
Мин төрөөбүт дойдум,
Тугун бэрдэй, кэрэтэй
Мин Сахам сирэ.
Сиккиэр тыал сипсийэр
Хатыҥ мас лабаатын,
Бэс чагда быыһыгар
Үөр чыычаах чоргуйар.
Тугун бэрдэй, кэрэтэй
Мин төрөөбүт дойдум,
Тугун бэрдэй, кэрэтэй
Мин Сахам сирэ.
Бар дьонум үөрүүнэн
Саас кэлбитин уруйдаан
Кэс тылы этэллэр,
Ыһыаҕы тардаллар.
Тугун бэрдэй, кэрэтэй
Мин төрөөбүт дойдум,
Тугун бэрдэй, кэрэтэй
Мин Сахам сирэ.